Күндү Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Күндү сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ!
Сэтинньи 30 күнүгэр киэһээ 18.30 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр "БУКА БАРЫ БИИР САНААНАН" аһымал кэнсиэркэ кэлэҥҥит күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт.
Хомуллубут үп харчы Уус-Алдантан төрүттээх Матрёна Стрекаловская Москуба куоракка баран операцияланарыгар көмө буолуоҕа.
Кыттыыны ылаллар биир дойдулаахтара: Анастасия Готовцева, Варя Аманатова, Сарыада, Айдын, Арчылаана Лукачевскайдар, "Алаас кыргыттара" үҥкүү бөлөҕө, ону тэҥэ Саарын, Александра Николаева,
Николай Никифоров, аҕыйах ахсааннаах олохтоох норуоттарын судаарыстыбыннай тыйаатырын артыыстара, республика оскуолаларын 1987 сыллаахха бутэрбит выпускниктар. Ыытааччы Анастасия Кононова.
Билиэт сыаната 1000 солкуобай, миэстэтэ суох атыыланар.
Касса 33-82-96, билсэр телефоннаргыт +7 984 105-74-46, +7 914 279-84-32, +7 914 288-01-54, +7 914 305-07-77, +7 914 266-79-99, +7 924 176-19-39